РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Татаринов Алексей Михайлович

(1903-1962 сс.)

 

Наҕараадалара:

«1941-1945 сс. Aҕa дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээл;

Юбилейнай мэтээллэр.

Аҕам 1903 с. төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэ этилэр. Сэриигэ 1943 с. ыҥырыллыбыт. 1945 с. армияттан кэлбитэ уонна 1945-1950 сс. ветеринарынан «Буденнай» холкуоска үлэлээбитэ. «Сталин», «Буденнай», «Кыһыл Сулус» холкуостар холбоспуттарын кэннэ партком бэрэссэдээтэлинэн. 1960 с. биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Аҕабыттан мин соҕотох оҕобун.

Ийэм эрдэ, аҕам кэлиэн аҕай иннинэ өлбүтэ, мин эбэбэр иитиллибитим. Онтон аҕам Крыжановская Мария Романовнаны кэргэн ылбыта. Маачаха ийэм Мария Романовна өр кэмҥэ холкуос, сопхуос ыарахан үлэтигэр ыанньыксытынан үлэлээбитэ.

 

М.А. Татаринова, кыыһа

 

 

 

1