РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Посельскай Гаврил Петрович

(1909-1947 сс.)

 

Наҕараадалара:                    

«Статинграды босхолооһун иһин» мэтээл;

«Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээл.

Аҕам Посельскай Гаврил Петрович 1909 с. Үөдэй нэһилиэгэр төрөөбүт. Түөрт кылаас үөрэхтээх. Кини      төрүттэрэ II Үөдэйдэр. Эрдэ тулаайах хаалан араас үлэҕэ үлэлээн эриллибит. Аҕа дойду сэриитигэр барыан иннинэ Үөдэйгэ сельсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Сталин холкуоска инструкторынан үлэлии сылдьан 1942 с. бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыт.           

Сталинград сэриитигэр сылдьан 1943 с. бүтүүтэ бааһыран, инбэлиит буолан дойдутугар эргиллибит. Армияттан кэлэн баран Сталин аатынан холкуоска бэрэссэдээтэллии сылдьан, 1947 с. оһолго түбэһэн өлбүтэ. Ол кэмҥэ мин 5 саастааҕым. Аҕам үөрэҕэ кыра да буоллар, дьиҥ сахалыы өйүнэн араас салайар үлэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Хойукка диэри кырдьаҕастар «үтүө киһи этэ» дииллэрин үөрэ истэрим.

 

М.Г. Посельская

1