РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Абаҕам Никитин Прокопий Иннокентьевич

 

Мин абаҕам Прокопий Иннокентьевич Арбын нэһилиэгин Алдан уҥуор, «Чэркээччи» диэн учаастагар сэттэ оҕолоох Никитин Иннокентий диэн дьадаҥы ыал кэргэнигэр 1907 сыл маҥнайгы оҕонон төрөөбүтэ. Эһэм аах 3 уол, 4 кыыс оҕолоохтор эбит. Улаханнара бу абаҕам - Прокопий Иннокентьевич - Германия сэриитин кыттыылааҕа, ортоку уол эмиэ абаҕам - Иннокентий Иннокентьевич - тыыл бэтэрээнэ уонна мин аҕам - Николай Иннокентьевич - Япония сэриитин кыттыылааҕа.

Абаҕам бэс ыйыгар 1942 сыллаахха сэриигэ барбыта, 1945 сыл этэҥҥэ дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Холкуос араас үлэтигэр үлэлээбитинэн барбыта.

Олоҕун оҥостон, 3 оҕолоох Акулина Готовцеваны кэргэн ылан ыал буолбут уонна Сиэгэҥҥэ (Кэбээйигэ) көһөн олохсуйбута.

Абаҕам аах Катя, Аня, Костя диэн оҕолору төрөтөн улаатыннарбыттар. Бу ыал алта оҕону көрөн-харайан атахтарыгар туруоран дьон оҥорбуттар. Билигин сорохторо бааллар, сорохторо эдэр саастарыгар өлбүттэр.

Иккис абаҕам Иннокентий Иннокентьевич эмиэ убайын кытары Сиэгэҥҥэ олохсуйан ыал буолбута, кэнчээри ыччаттардаах.

Мин бу аймахтарым туһунан олох үчүгэйдик билбэт эбиппин. Тугу билэрбин суруйдум.

 

Прокопий Николаевич Никитии,

быраата

Нам, 2015 сыл

1