РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

Лукин Петр Ильич

 

Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр 1917 сыллаахха төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Бөтүҥҥэ ааспыта. Улаатан Якутскайга педучилищены 30-с сылларга үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн төрөөбүт нэһилиэгэр кэлэн учууталлыы сырыттаҕына, 1937-1938 сыллаахха Максим Кирович Аммосов аймаҕа диэн үлэтиттэн ууратан кэбиһэллэр. Онтон Көбөкөн оскуолатыгар баран үлэлээн эрдэҕинэ эмиэ уураталлар. Онон сэриигэ барыар диэри Түбэ нэһилиэгэр үлэлээбит.

Кини Аҕа дойду сэриитигэр  маҥнайгы хомуурга 1941 сыл от ыйын 28 күнүгэр ыҥырыллан барбыт. Дойдутугар үс саастаах кыыһа Люда уонна оҕолоноору сылдьар кэргэнэ хаалбыттар.

1942 сыллаахха ыам ыйын 9 күнүгэр Ленинградскай уобаласка уоттаах сэрии хонуутугар охтубут.

1