РУБРИКАТОР

 

 

ГЛАВНАЯ

ОТ СОСТАВИТЕЛЯ

ПЕРСОНАЛИИ

ФОТОГРАФИИ

О ПРОЕКТЕ 

СОЛДАТЫ ПОБЕДЫ:   Славные сыны земли Намской
 

АБВГДЕЖЗИКЛМНОПРСТУФХЦЧШЭЮЯ

 

БОБРОС СТЕПАН СЕМЕНОВИЧ

 Степан Семенович 1926 с. Бөтүн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ колхозка улааппыта, үөрэммитэ. Сэрии бастакы сылларыгар колхоз ыар үлэтин үлэлээбитэ.Степан Семенович Ийэ дойдутун көмүскуү барарга дьулуһара. 1944 с. кулун тутар ыйга бэбиэскэ тутан 18 саастаа5ар уол армияҕа ыҥырыллар. Чита куоракка 3 ый тухары байыаннай үөрэххэ үөрэнэн Манчжурия5а сулууспалыы ананар. 1945 с. Степан Семенович Японияны утары сэриигэ кыттар. Сэрии кэнниттэн армия5а өссө түөрт сыл сулууспалаан 1959 с. дойдутугар төннөр.

Колхоз араас улэтин толорон өр кэмҥэ үлэлиир. Кэлин 1965-83 сс. нэһилиэккэ почтальоннуур. Степан Семенович түөһүн А5а дойду сэриитин II степеннээх ордена. «За победу над Японией», «Ветеран труда» о.д.а. мэтээллэр киэргэтэллэр. Билинни көлүөнэ дьулуһар дьулуһууларынан үлэ, үөрэх, чөл олох буолуохтаах» диир ытык кырдьа5ас Степин Семенович.

 

«Искатель" кыраайы үөрэтэр куруһуок чилиэннэрэ, Бөтүҥ

 

1